- абааһы
- 1. 1) миф., фольк. злой дух, злое начало; всё вредное и враждебное человеку; абааһы сирэ страна злых духов, враждебных существ; абааһы бухатыыра богатырь из враждебного мира; тарбыйах абааһыта злой дух, губящий телят; өтөх абааһыта дух места, где раньше проживали люди; абааһы кыыһа дева тьмы; абааһыны абааһы сиэбэт посл. чёрт чёрта не съест (соотв. ворон ворону глаз не выклюет); абааһы аһаабыт сириттэн арахпат погов. чёрт не отходит от того места, где ему раз удалось поживиться; үтүө ырыаһыты кытары абааһы кытта ыллаһар посл. с хорошим певцом и злой дух состязается в пении; 2) урод, чудовище || уродливый, чудовищный; абааһы торбос телёнок-урод; үтүө биэттэн абааһы кулун төрөөбүтүгэр дылы погов. словно от доброй кобылы родился уродливый жеребёнок (соотв. в семье не без урода); 3) бран., шутл. чёрт, дьявол; бар киэр буол, абааһы! уйди прочь, дьявол!; бу абааһыны көр эрэ! смотри-ка на этого чёрта! (с оттенком восхищения); 2. скверный, негодный, дрянной; абааһы киһи скверный человек; абааһы сүгэ дрянной топор; абааһы буол= стать плохим, негодным \# абааһы илимэ бот. княжик, дикий хмель; абааһы тайаҕа бот. дудник, борщевик; абааһы үрүмэччитэ летучая мышь; абааһы көр= не любить; ненавидеть; абааһыта киирдэ он взбесился; абааһытынан тыынар он сердится, ругается; он ничего не хочет слушать.
Якутско-русский словарь. - М.: Советская Энциклопедия. К.К. Юдахин. 1965.